ИЙЭ KYHYHЭН Э5ЭРДЭ


КҮН КҮБЭЙЭ ИЙЭҔЭ
Уйулҕан
Бу орто дойдуга
Бүгүн тураҕын,
Олох киэҥ аартыгын
Эрчимнээхтик тэлэн.

Күн сирин көрдөрбүт
Күн күбэйэ Ийэҥ,
Илгэлээх тапталар
Таалалаан улаатан.

Махтал тыллара
Эйиэхэ ананар,
Күн сирин көрдөрбүт
Күн күбэйэ Ийэҕэ.

Эҕэрдэ Ийэҕэ
Иһирэх киһиэхэ,
Күн сирин көрдөрбүт
Күн күбэйэ, Ийэҕэ!!!